От ыйын саҥатыттан Дьокуускайга «ремень безопасности» кэтиигэ суол быраабылатын кэһиини хаартыскаҕа түһэрэр систиэмэ турар.
Бу кэмҥэ тустаах суол быраабылатын кэһиинэн, 4887 суоппар ыстарааптанна, СИА суруйар ГИБДД дааннайыгар сигэнэн.
1000 солк суумалаах ыстыраап массыына хаһаайыныгар ыытыллар, «ремень безопасности» пассажир дуу, суоппар дуу иилиммитин-иилиммэтэҕин быһаарыыта суох.
Сыл бүтүөр диэри өссө 8 хаартысканан фиксациялыыр систиэмэ туруоруллара былааннанар.
This post was published on 22.09.2022 12:01 12:01