Дьокуускайга 203 микрооройуон элбэх кыбартыыралаах дьиэтигэр - 75 сыл - сурулунна

Дьокуускай куорат олохтоохторо Кыайыы күнүгэр араас аахсыйаларга кытыннылар. 203 микрооройуоҥҥа ураты эҕэрдэ оҥоһулунна.


Дьокуускай куорат 203 микрооройуонун 6 корпуһун олохтоохторо Кыайыы күнүгэр ураты эҕэрдэ оҥордулар. Ол курдук эрдэттэн былааннаан, элбэх кыбартыыралаах дьиэ түннүктэрин уотунан — 75 сыл! — диэн суруйдулар.

Чугастааҕы дьиэлэр олохтоохторо маннык көстүүнү «Ураа!» хаһыынан уруйдаатылар-айхаллаатылар.

This post was published on 10.05.2020 10:01 10:01