Дьокуускайга кириип дьаҥа турбутунан 16 оскуола дьиэттэн олорон үөрэниигэ көстө.
Ону тэҥэ, оҕо уһуйааннарыгар 6 бөлөх харантыыҥҥа барбыт. Бу туһунан Дьокуускай куорат үөрэҕирии дьаһалтатын салайааччыта Мария Петрова иһитиннэрдэ.
“Алтынньы 9 күнүгэр харантыыҥҥа 62 кылаас барда, уопсайа 1265 үөрэнээччи. Уһуйааннарга дьаҥҥа ылларбыт оҕо ахсаана 20% элбээн алта бөлөх (688 оҕо) харантыыҥҥа ыытылынна”, — диэн этэр кини.
Роспотребнадзор иһитиннэрэринэн, алтынньы 6 күнүгэр кирииптэн 250 тыһыынча киһи вакцина ылбыт, ол иһигэр 99 тыһыынча оҕо.
Егор Карпов, Саха сирэ
This post was published on 10.10.2023 12:36 12:36