Муус устар 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускайдааҕы «Воинскай чаас» кыбаарталыгар саҥа дьон олорор микрооройуонун тутар туһунан киллэрбит хадаатайыстыбатын РФ тутууга министиэристибэтэ өйүүрүн биллэрдэ.
Кыбаарталга 350 тыһ кв м иэннээх дьиэни тутан киллэрэр сорук турар.
РФ тутууга миниистирин солбуйааччы Никита Стасишин кыбаарталы тутууга бюджетнай кирэдьиит мэхэниисимин туһанары эттэ. Инфраструктура ситимин тардыыга барыта 880 мөл солкуобай ирдэнэр. Ити боппуруоһу сотору кэминэн СӨ Бырабыыталыстыбата «Дом.РФ» судаарыстыбаннай хампаанньаны кытары сиһилии көрүө.
This post was published on 29.04.2021 11:02 11:02