Дьокуускайдааҕы онкодиспансер саҥа анестезия ыстаансыйатын тутта. Саҥа тэрил «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак нөҥүө ылыллыбыт. Быйыл балыыһаҕа эбии МРТ-аппарат, гистологическай лаборатория, эндовидеоскопическай комплекс, ИВЛ аппараттары уопсайа 299 мөл солк. ылыахтара.
Анестезия, реанимация, интенсивнай терапия салаатын сэбиэдиссэйэ Тимофей Григорьев: «Саҥа тэрил технологическай, научнай ситиһии бүтэһик функцияларын барытын илдьэ сылдьар. Аппарат көмөтүнэн ИВЛ кэмигэр тыыныы кээмэйин, тыынар уорганнар баттааһыннарын хонтуруоллуохха сөп буолла. Ону таһынан эпэрээссийэ кэмигэр монитор нөҥүө ыарыһах туругун кэтээн киниэхэ сөптөөх эмтиир ньыманы талыахха сөп».