Дьокуускайдааҕы онкодиспансер бырааһа Анна Сеялова онкология үрдүкү оскуолатыгар үөрэнэр кыаҕы ылла. Анна Семёновна бу күннэргэ үөрэх тэрилтэтин кытары сөбүлэҥ түһэрсэн, үөрэҕин саҕалаата.
Бүтүн Арассыыйаттан онкология үрдүкү оскуолатыгар 900-тэн тахса киһи кыттыбытыттан, финалга 39 быраас иһигэр, Саха сириттэн Анна Сеялова киирбит. Кини биэс түһүмэхтээх тургутугу ааспыт.
«Онкология үрдүкү оскуолата» — рак ыарыыны сэрэтэр Пуонда грантовай бырайыага. 2015 сыллаахха ординатура көрүҥүн быһыытынан тэриллибит. Ординатор быраастары химиотерапия, хирургия, лучевой терапия, оҕо онкологията, патоморфология идэлэригэр уһуйаллар.
This post was published on 21.09.2020 17:01 17:01