Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ бородууксуйатыгар сыанатын үрдэттэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Сыана үрдээһинэ бородууксуйа оҥоһулларыгар туттуллар матырыйаал үрдээһинин кытта сибээстээх диэн быһаардылар. Онно эбии хомунаалынай өҥөҕө, логистикаҕа, хаҕыгар сыана эбиллибит.

«Бородууксуйабыт хаачыстыбалаах буоларыгар уонна  нэһилиэнньэни кэмигэр хааччыйыыга маннык быһаарыы ылылынна», — диэн суруллар иһитиннэриигэ.

This post was published on 04.02.2026 12:01 12:01