Дьокуускай урукку байыаннай комиссара 10 сылга көҥүлэ быһылынна

Хаартыска: ЯСИА саайта

Дьокуускайга куорат суутугар Дьокуускай куорат урукку байыаннай комиссарыгар тэриллибит холуобунай дьыаланан бириигэбэри эттилэр. Ол туһунан Саха сирин суутун холбоһуктаах пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Санаттахха, 2019 — 2022 сылларга Дьокуускай экс-военкома куомуннаахтарын кытта дьону байыаннай сулууспаттан босхолооһун иһин  892 тыһ солк бэрик ылбыт. Барыта 8 киһи киниэхэ биллибит, ити эрээри эр киһи биир эрэ эпизодка буруйун билиннэ.

Кинини бэрик ылыынан аҕыс эпизодка буруйдааҕынан аахтылар, иккитэ бөдөҥ кээмэйгэ. Эр киһиэхэ 10 сылы кытаанах эрэһиимнээх холуонньаҕа уураахтаатылар, судаарыстыбаннай дуоһунаска эмиэ бачча сыл дьарыктанара бобулунна. Маны сэргэ, судаарыстыба счетугар бэрик ылбыт сууматын кээмэйин тутуохтара.

Буруйдаах суут саалатыттан тутулунна, бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.

This post was published on 13.12.2024 12:05 12:05