12 Ахсынньы 12.12
  • -43°
  • $ 103,27
  • 108,56

Дьокуускай туһаайыытынан өрүскэ паром сырыыта болдьоҕун иннинэ тохтуоҕа

10:05, 24 октября
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан  паром сырыыта күн-дьыл эмискэ тымныйыытынан уонна өрүскэ уустук гидрологическай туругунан сибээстээн, эрдэ ыйыллыбыт болдьоҕун иннинэ тохтуоҕа диэн СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Семен Коркин иһитиннэрдэ, суруйар Саха сирэ саайт.

«Былырыын паромнар бу хайысханан алтынньы 30 күнүгэр диэри сылдьыбыттара. Быйыл кыдьымах 4-6 күн эрдэлээтэ», — диэн Семен Коркин этэр.

Билигин өрүскэ бу хайысханан сэттэ паром буксирдааах сылдьар. Бу күннэргэ сырыылара тохтуоҕа.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА