21 Сэтинньи 21.11
  • -29°
  • $ 100,22
  • 105,81

Дьокуускай туһаайыытынан Өлүөнэ өрүскэ муус туруутун сэтинньигэ күүтэллэр

12:01, 22 октября
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Быйыл киин куорат туһаайыытынан Өлүөнэ өрүскэ муус туруутун сэтинньи бастакы күннэригэр борогунуостууллар. Ол туһунан УГМС гидрометеорологическай киинин начаалынньыгын солбуйааччы Вячеслав Шехиров иһитиннэрдэ.

Вячеслав Шехиров эппитинэн, сылын аайы балаҕан ыйын 20 күнүгэр Гидрометкиин гидрологическай бюллетень таһаарар, манна Саха сирин ууларыгар муус туруута бэлиэтэнэр. Бу борогунуос быйыл 97% сөп түбэһэр.

Кини эппитинэн, хотугу-илин өрүстэргэ муус турда. Уус-Ньара туһаайыытынан Индигииркэ билигин сиикэй сытар. Халыма өрүскэ Зырянка — Колымская учаастакка кыдьымах хойуу.

«Муус Мархаҕа (Бүлүү эбэ хаҥас өттө), Моркуокаҕа, Анаабырга, Өлөөҥҥө, Дьааҥыга, Сартаҥ, Дулҕалаах, Адыаччы уонна Бытантай тардыыларыгар турда», — диэтэ Шехиров.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар