Дьокуускай туһаайыытынан Өлүөнэ эбэни көрөр гидропостарга барытыгар уу таһыма эбиллибитэ бэлиэтэнэр. Муус харар түбэлтэтигэр хаатыттан тахсара сабаҕаланар.
Мэрия пресс-сулууспата эппитинэн, күн ортото Табаҕанан уу таһыма 884 см (кутталлаах бэлиэтэ 970 см). Дьокуускайынан — 518 см (827 см). Кангалаһынан — 802 см (1000 см).
Дьоҥҥо сэрэтэр-өйдөтөр үлэ ыытыллар, халаан уутунан кутталлаах буолуон сөптөөх сирдэргэ сылдьартан туттуналларыгар: Күөх хонуу, Даркылаах уонна Табаҕа микрооройуоннара; 202-с уонна 203-с микрооройуоннар кытыллара; арыылар уо.д.а.
Муус алын кырыыта Кангалас бөһүөлэгэр тиийдэ. Сотору Нам улууһун территориятыгар муус арыллыыта бэлиэтэниэ.
This post was published on 16.05.2024 14:01 14:01