Дьокуускайтан чугас Хатас уонна Табаҕа икки ардытыгар Өлүөнэ өрүскэ эриэн үөнү көрдүлэр. Видеону көрдөххө, дьиэ кэргэн балыктыы сырыттаҕына эриэн үөн биэрэккэ устан тахсар. Биолог уонна «Якутия» технопарк резидена Евгений Попов СИА-ҕа кэпсээбитинэн видеоҕа көстөр эриэн үөн — гадюка. Саха сирин киин өттүгэр сэдэхтик көстөр эрээри, кэлин сылдьар сирэ кэҥээн иһэр.
«Бу – көннөрү гадюка буолар, кини сүрүннээн Саха сирин соҕуруу өттүгэр көстөр. Ол эрээри, кэлиҥҥи кэмҥэ эриэн үөн сылдьар сирэ кэҥээн мэктиэтигэр Дьокуускай таһыгар бэлиэтээтилэр. Эрдэ даҕаны киин оройуоннарга көрөөччүлэр эрээри, бу олус сэдэх көстүү. Бу эриэн үөн дьааттаах. Кини дьаата мөлтөх соҕуһунан ааҕыллар, ол гынан баран сороҕор улаханнык эчэтиэн син», – диэн Евгений Попов быһаарар.