Аныгы искусство «BY-16» тэрээһинэ төрдүс төгүлүн буолан ааста. Манна кыттыбыттары, бырайыак волонтердарын наҕараадалаатылар. Ааптардар үлэлэрин Национальнай художественнай музейга быыстапкаҕа туруордулар.
«Паблик-арт» аакка Екатеринбург куораттан кыттыбыт Наталья Пастухова тигистэ. Кини «Самоцветы» бырайыага биһирэннэ. Н.Петухова Дьокуускай куорат 202 микрооройуонун сөтүөлүүр сиригэр 100 м. уһуннаах «Дети земли» композицияны оҥордо.
«Уруһуй искусствотыгар биеннале – бэлиэ түгэн. Манна кыттыбыттарга бука барыларыгар улаханнык махтанабын. Инникитин өссө да маннык бырайыактары оҥорор соруктаахпыт. Онно омук дойдуларыттан худуоһунньуктары ыҥырыахпыт», — диэтэ култуура, духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччы Владислав Левочкин.
«Уруһуй искусствота» аакка I миэстэни Надежда Федулова уонна Туйаара Шапошникова үллэһиннилэр. «Инсталляция» кыайыылааҕынан Анна уонна Надежда Ивановалар «Хоровод» бырайыактарын иһин ыллылар. «Медиа-арт» кыайыылаахтарынан «Күн оҕолоро (Дети солнца)» «Булчут (Охотник)» айар бөлөхтөр буоллулар.
«Цифровое искусство» аакка бастыҥынан Санкт-Петербургтан кыттыбыт Данита Пушкарева буолла. «Специальный проект» аат Япония фотогравыгар Хироми Нагакуроҕа иҥэрилиннэ.
«Ааптардар үлэлэрин сороҕо Дьокуускайга букатыннаахтык хаалыаҕа. Омук дойдуларыттан кэлбит ыалдьыттар Михаил Старостин уонна Юрий Спиридонов үлэлэрин сөбүлээтилэр», — диэн СИА-ҕа Артем Чукров кэпсээтэ.