Ыам ыйын 9 күнүгэр Кыайыы 75 сылынан байыаннай сөмөлүөттэр киин куорат үрдүнэн сэлэлээн көтүөхтэрэ. edersaas.ru суруйар.
Сыл ахсын байыаннай сөмөлүөттэр Москва үрдүнэн парааттыылларын билэбит. Быйыл байыаннай авиация сөмөлүөттэрэ, бөртөлүөттэрэ 13 куорат үрдүнэн парааттыахтара. Ол куораттар истэригэр Дьокуускай киирдэ.
Маннык ураты параады Владивосток, Чита, Уссурийскай, Комсомольск-на-Амуре, Биробиджан, Улан-Удэ, Южно-Сахалинскай, Благовещенскай, Белогорскай, Петропавловскай-Камчатскай, Магадан, Курильскай, Дьокуускай куорат олохтоохторо көрөр кыахтаахтар.
Ол эбэтэр, дойду илин өттүттэн, Уһук Илинтэн көтөн кэлэллэр.
— Бөртөлүөттэр 200 км/ч, сөмөлүөттэр 400 км/ч, истребителлэр, бомбардировщиктар 600 км/ч түргэннээх көтүөхтэрэ. Билигиҥҥитэ экипажтар көтүүлэрин эрэпэтииссийэлииллэр — диэн Илиҥҥи байыаннай уокурук пресс-сулууспатын салайааччы Александр Гордеев иһитиннэрдэ.
Дьокуускай үрдүнэн хас чааска көтүөхтэрэ чопчуланыаҕа. Үйэҕэ биирдэ кэлэр ураты көстүүнү көтүтүмэҥ!
This post was published on 08.05.2020 16:04 16:04