Дьокуускай 32 предпринимателэ «Үөрэххэ барарга көмөлөс» акция кытыннылар. Кинилэр ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит 50 оҕо оскуолаҕа барарыгар көмөлөстүлэр.
Предпринимателлэр таҥас, атах таҥаһа, үөрэх предметтэрин, канцелярскай табаардары, рюкзактары атыылаһан, тустаахтарга туттардылар. Акция сорох кыттыылаахтара ыалларга баран, оҕолор туохха ордук наадыйалларын, кээмэйдэрин билистилэр.
«Биһиги үөрэх дьылын саҥатыгар толору бэлэмнэнэр кыаҕа суох ыаллары мэлдьи өйдүөх тустаахпыт. Предпринимателлэр маннык ыҥырыылары, акциялары өрүү ылыналлар, өйүүллэр. Аадырыстаах, сыаллаах- соруктаах көмө оҥороллор», — диэн акция кыттыылаахтара үллэһиннилэр.
Кыра дохуоттаах ыал оҕотун оскуолаҕа барарыгар бэлэмнээһиҥҥэ көмө туһунан СИА суруйбута. Акция балаҕан ыйын 10 күнүгэр диэри салҕанар.
This post was published on 02.09.2022 11:28 11:28