Дьокуускай поликлиникалара түүнүн эмиэ үлэлиир буолуохтара

Дьокуускай куорат поликлиникалара  тохсунньу 18 күнүттэн, суукканы быһа үлэлиир режимҥэ көһүөхтэрэ, диэн СИА-ҕа республика вице- премьерэ Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.

Кини этэринэн, поликлиникаларга эрийэр дьон  ахсаана элбээн иһэр. «Бүгүн тестовай режим быһыытынан  поликлиникалар бары 122 нүөмэргэ көһүөхтэрэ«, — диэтэ Ольга Балабкина.

Коронавирус инфекцията түргэнник тарҕанарын иһин, «122» информационнай-справочнай сулууспа кылгас нүөмэрэ РФ бары регионнарыгар Арассыыйа бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан киирдэ.​

This post was published on 18.01.2022 15:03 15:03