Россия ИДьМ «Якутское» салаатын оперативниктарын суһал-ирдиир тэрээһиннэринэн «Спайс» наркотическай веществоны анал миэстэлэргэ тириэрдээччи тутулунна. Полиция үлэһиттэрэ кинини «Белай озеро» оройуонугар анал миэстэҕэ уурар кэмигэр илиититтэн харбаатылар. Барыта 13 грамм наркотик тутулунна, СИА-ҕа биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Тутуллааччы 17 саастаах, Дьокуускай куорат оскуолатын үөрэнээччитэ.
Сокуоннай сааһын туола илик киһи буолан, холуобунай дьыала РФ Холуобунай кодексатын 228.1 ыст. 4 ч. ««Незаконные производство, сбыт или пересылка наркотических средств, психотропных веществ или их аналогов, а также незаконные сбыт или пересылка растений, содержащих наркотические средства или психотропные вещества, либо их частей, содержащих наркотические средства или психотропные вещества» Сэлиэстийэлиир кэмитиэтинэн ыытылынна.
Холуобунай дьыала тиһиллэн, суукка бэрилиннэ.
This post was published on 30.09.2020 14:02 14:02