Дьокуускайга от ыйын 6 күнүттэн бастакы кылаастарга ылыы иккис түһүмэҕэ бара турар. Бастакы түһүмэх кэнниттэн, куорат уокуруктааҕы дьаһалта үөрэх тэрилтэлэригэр эбии 14 кылаас астарда уонна куорат 19 оскуолаларыгар ылар оҕолорун ахсаанын элбэтэн биэрдилэр. Билигин 183 кылааска 5505 миэстэ арылынна.
Маҥнайгы кылааска киириигэ докумуону тутуу бастакы түһүмэҕэ муус устар 1 күнүттэн бэс ыйын 30-гар дылы буолбута. Бу кэмҥэ эрдэттэн оскуолаларга сыһыарылаах оҕолору, ону тэҥэ уочарата суох киирэр бырааптаах оҕолору туппуттара.
Иккис түһүмэх балаҕан ыйын 5 күнүттэн хойутаабакка түмүктэниэҕэ. Бу анал сыһыарыыта суох оҕолорго ананар. Ол эбэтэр, бу кэм устатыгар атын оройуон оскуолаларыгар сайабылыанньа биэриэххэ сөп.
От ыйын 18 күнүнээҕи туругунан, 1 кылааска киирэргэ 5 547 сайабылыанньа киирбит, олортон 5 023 оҕо хайыы-үйэ оскуолаҕа киирбиттэр. Куорат 29 оскуолаларыгар 363 миэстэ хаалла.
Коррекционнай оскуолаларга 88 сайабылыанньа киирдэ, 47 оҕо хабылынна, 41 оҕо ПМПК ааһа сылдьаллар, манна миэстэлэр суохтар.
This post was published on 19.07.2022 17:03 17:03