Дьокуускай оскуолаларыгар үөрэх дьылын түмүктүүр тиһэх чуораан ыам ыйын 24 күнүгэр чугдаарыаҕа. Ол туһунан ЯСИА-ҕа куорат үөрэххэ управлениетын начаалынньыга Мария Петрова иһитиннэрдэ.
Тиһэх чуораан күнэ-дьыла РФ үөрэххэ министиэристибэтин сүбэ-суругар уонна регион биэдэмистибэтин бирикээһигэр олоҕуран оҥоһулунна. Начаалынньык эппитинэн, дьаһал оскуолаларга буолар тэрээһиннэргэ сыһыаннаах. Оскуоланы бүтэрэр биэчэрдэрэ төрөппүттэр быһаарыыларынан болдьоҕо, киэбэ хааччахтаммат.
«Бирикээһи тохсунньу 9 күнүгэр таһаардыбыт. Тиһэх чуораан — ыам ыйын 24 күнэ, аттестаттары туттарыы — бэс ыйын 28 күнэ. Оскуоланы бүтэрэр бырааһынньыгы оскуола тас өттүгэр ыытыы — төрөппүттэр быһаарыылара, онон даататын бэйэлэрэ талаллар», — диэтэ Мария Петрова.
This post was published on 23.01.2025 14:03 14:03