Дьокуускай олохтоохторун 60 %-на үптэрин солкуобайга туталлар

Дьокуускай олохтоохторун 60%-на харчыларын солкуобайга тутары табыгастааҕынан ааҕаллар. Доллар уонна евро сүгүрүйээччилэрэ 2 төгүл аҕыйахтар  (27 уонна 24%). Америка уонна европа валюталарыгар норуот итэҕэлин таһыма билигин 2015 сыл муус устарыгар курдук намыһах.

Муспут харчыларын солкуобайга туталларын туһунан бу сыл тохсунньутуттан икки төгүл элбэхтэ эттилэр. Маннык тургутууну SuperJob сайтыгар оҥордулар.

Уопсайынан, солкуобайы өйүүр киһи ахсаана оччолорго муҥутуур суолтаҕа чугаһыыр этэ (69%), билигин национальнай валютаҕа итэҕэл таһыма 8 сылга орто кээмэйгэ тэҥнэһэр. Бу сыл тохсунньутуттан солкуобайга итэҕэл чиэппэр курдук үрдээбит,  доллары сэҥээрээччилэр — 1,5 төгүл аҕыйаабыт, — 2 төгүл ордук намтаабыт.

This post was published on 14.07.2022 16:03 16:03