Түүн 1.00 чааска лоп курдук “Дьокуускай куорат баһылыга Айсен Николаев пресс-кииҥҥэ кэлэн Дьокуускай куорат олохтоохторо Россия бэрэсидьиэнин быыбарыгар хайдах кыттыбыттарын кылгастык кэпсээтэ.
Мэр Айсен Николаев этэринэн, кулун тутар 18 күнүгэр Дьокуускай куорат 116 быыбардыыр учаастагар куорат олохтоохторо көхтөөхтүк кэлэн дойду бэрэсидьиэнин таллылар. 2012 с. быыбары кытта тэҥнээтэххэ, көрдөрүү үрдүк буолбут. Ол курдук, ити сылга 71,75 % киһи кэлэн куоластаабыт буоллаҕына, быйыл өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар быыбарга кыттыы 71,89 % тэҥнэһэр.
Быыбары сэргэ куорат дьоно ханнык бырайыак олоххо киириэн сөбүн таллылар. Ол курдук, “Ворота Якутска” бырайыак иһин 20-чэ тыһыынча киһи куоластаата. Ону таһынан Сайсарыны тупсаҕай оҥоруу, Киров уулуссатын кыйа сытар сири-уоту тупсаҕай оҥоруу бырайыактара үгүс куолаһы ыллылар.
Мээр улахан куолаһы ылбыт бырайыак олоххо киириэ диэн эрэннэрдэ.
This post was published on 19.03.2018 06:57 06:57