Дьокуускай олохтооҕо олунньуга дьиэтин иһигэр махаон лыаҕы көтүттэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Ем. Ярославскай аатынан музей сотруднига Владимир Бочкарев дьиэтигэр махаон лыаҕы көтүтэн таһаарда. Кини ЯСИА-ҕа дьиэтин дьикти олохтооҕо хайдах сайдан тахсыбытын кэпсээтэ.

Сайын махаон түүлээх үөннэрин музей олбуоруттан хомуйбут. Онно ото охсуллар, ол иһин кыайан лыахтар олохсуйуо суох этилэр диир кини.

Түүлээх үөннэри дьиэтигэр аҕалбыт. Сэбирдэхтэринэн уонна зонтиктаах үүнээйилэр сибэккилэринэн аһаппыт.

Бастаан кыралаан улааппыттар, онтон аһыыллара эбиллэн истэҕин аайы, улааталлара эмиэ оннук буолбут.

Сиһилии https://ysia.ru/zhitel-yakutska-v-domashnih-usloviyah-vyvel-v-fevrale-babochku-mahaon/

This post was published on 09.02.2024 14:05 14:05