Дьокуускайга 65 саастаах киһи сокуоннайа суохтук Марха микрооройуоҥҥа баар дьиэтигэр 37 Таджикистан киһитин «олохтообут».
Полиция сотрудниктара сокуону кэһиини «Мигрант» суһал-профилактическай дьаһал кэмигэр буллулар. Ол туһунан ИДьМ Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрдэ.
«Өҥө» иһин хас биирдиилэриттэн 10 тыһ солк ылар. Омук дьоно пропискаламмыт дьиэлэригэр олорботтор.
Сокуону кэспит киһиэхэ РФ ХК 322.3 ыстатыйатынан холуобунай дьыала тэрилиннэ.
This post was published on 22.03.2024 10:01 10:01