Саайт нөҥүө былаачыйатын атыылаары Дьокуускай олохтооҕо харчытыттан маппыт. Бу туһунан СИА-ҕа Дьокуускай куорат ис дьыалатын салаата иһитиннэрдэ.
22 саастаах Дьокуускай куорат олохтооҕо полицияҕа кэпсээбитинэн, «Юла» саайтка былаачыйатын атыылыырын туһунан биллэрии биэрбит. Сотору кэминэн «атыылаһааччы» биллибит. Мессенджер нөҥүө кэпсэтэн баран, «атыылаһааччы» табаар иһин харчыны тутууга сигэ ыыппыт. Эмсэҕэлээччи онон киирэн анал киэпкэ тус банковскай каартатын дааннайдарын толорбут.
Ол кэннэ кини каартатыттан 11 тыһ тахса солк харчыта уһуллубут, оттон «атыылаһааччы» төлөпүөнүн нүөмэрэ арахсан хаалбыт.
Кыыс онно эрэ өйдөөбүт түөкүттэргэ киирэн биэрбитин уонна полицияҕа тыллаабыт.
This post was published on 10.02.2021 18:02 18:02