Дьокуускай олохтооҕо балыгы бултааһыҥҥа уонна соҕотуопкалааһыҥҥа үлэлиибин, сөптөөх үлэһиттэрдээхпин, анал тэриллээхпин диэн сымыйа докумуоннары тэрилтэлэргэ туттарбыт. Сыала өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан субсидияны туһанаары. Олоҕо суох докумуоннарынан кини 11 мөл солк субсидия ылбыт, регион прокуратурата СИА-ҕа иһитиннэрдэ.
Холуобунай дьыала көрүлүннэ, прокурор этиитин суут учуотаан туран, эр киһини 5 сылга көҥүлүн быһарга бириигэбэрдээтэ.
Суут маны сэргэ хоромньуну толору төннөрөрүгэр ирдэбил туруорда.
Бириигэбэр күүһүгэр киирэ илик, өрүттэр ааһыныахтарын сөп.
This post was published on 08.04.2021 12:01 12:01