Дьокуускай нуучча дуобатыгар Россия Кубогын ыытыаҕа

Хаартыска: ЯСИА саайта

Дьокуускайга нуучча дуобатыгар Россия Кубога буолар. Күрэхтэһии түмүгүнэн норуоттар ардыларынааҕы турнирдарга кыттар дойду сүүмэрдэммит хамаандата талыллар, суруйар ЯСИА.
Кубок атырдьах ыйын 10 — 19 күннэригэр буолар, «50 лет Победы» спорт дыбарыаһыгар. Классическай (атырдьах ыйын 11 — 18 күннэрэ), түргэн (атырдьах ыйын 16 күнэ) уонна олус түргэн (атырдьах ыйын 17 күнэ) бырагыраамаларга бастыҥнары быһаарыахтара.

Саха сирэ халыҥ хамаанданы туруорар.

This post was published on 26.07.2024 11:31 11:31