Дьокуускай - Өлүөхүмэ хайысханан «Валдай-45» уу тырааныспара айанныаҕа

«Ленатурфлот» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Бактыбек Егоров иһитиннэриитинэн, Өлүөхүмэ куоратыгар аэропорт оҥоһуллар кэмигэр «Валдай-45» суудуна дьону таһыаҕа. Уу аалын түргэнэ — 65 чкм, кондиционердаах, телевизордаах. 45 пассажирга тиийэ киһи киириэн сөп.


2021 сыллааҕы сезоҥҥа «Ленатурфлот» тэрилтэ Дьокуускай — Аллараа Бэстээх икки ардыгар үс «Нептун – 23» салгын тэллэхтээх техниканы таһаарыаҕа.

Муус устар 26 күнүттэн маршрут саҕаланыаҕа. «Нептуннар» Дьокуускайтан 203 мкр-тан, оттон Аллараа Бэстээхтэн пассажир күүтэр саалатыттан айаҥҥа турунуохтара.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников «Валдай-45» Өлүөхүмэ олохтоохторун айаннара, аэропорттара оҥоһуллар кэмигэр, сымнаҕас уонна сылаас буоларыгар ананан ылыллыбыттарын эттэ, өрөспүүбүлүкэ сүрүн пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

This post was published on 26.04.2021 10:01 10:01