Уус-уран уочаркаҕа суруллубут дьон олохторо ураты тыыннанан, субу баардык хараххар ойууланан кэлэр, хайа баҕарар кэмҥэ ааҕааччыны илдьэр айылгылаах. Үөрэх эйгэтигэр биллэр суолу-ииһи хаалларбыт, иитии-үөрэтии араас ньымаларын сайыннарбыт, улахан буукубаттан суруллар учууталларбыт тустарынан уран тыллаах суруйааччылар «Чолбон» сурунаалга араас сылларга суруйбут уочаркалара үйэлээхтик киирэ сылдьаллар.
Алтынньы 10 күнүгэр Учуутал уонна уһуйааччы сылыгар анаан «Чолбон» сурунаал уонна «Айыы кыһата» оскуола «Чолбон: өй күрэһэ» оонньууну тэрийэн ыыттылар.
Сурунаал кэлэр сыллааҕы нүөмэрдэригэр суруппут Саха гимназия, 1, 7, 12, 25 №-дээх оскуолалар, Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын, Саха политехническай лицей учууталлара – барыта 42 киһи билиилэрин хаҥаттылар, идэлээх бырааһынньыктарынан ыллаан-туойан бэйэ-бэйэлэрин эҕэрдэстилэр. Оонньуу ыйытыылара «Чолбон» сурунаалга араас сылларга тахсыбыт айымньыларга, уочаркаларга олоҕурдулар.
Икки түһүмэхтээх оонньуу түмүгүнэн I миэстэни 1 №-дээх оскуола уонна Саха гимназия учууталлара, II миэстэни 12 №-дээх оскуола уонна Дьокуускай куорат национальнай гимназията үллэһиннилэр, III миэстэни Саха политехническай лицей учууталлара ыллылар.
Кэскиллээҕи түстүүр, сарсыҥҥыбытыгар акылааты уурар учууталларбыт ааспыт үйэтээҕи коллегалара киэҥ өрүттээх үлэни ыытан, туохтан да толлубакка, ыырдары тэлэн, билии муоратыгар сүрэхтэрин сылааһынан сирдээн сүҥкэннээхэй кирбиилэри ылбыттарын өйдөрүгэр-санааларыгар сөргүтэн, инники үлэлэригэр күүс-көмө буолуо диэн санаа бастыҥнаах бардылар.
Туйаара Павлова, Улус Медиа
This post was published on 11.10.2023 14:18 14:18