Алтынньы 31 күнүттэн сэтинньи 3 күнүгэр диэри телебашняны Арассыыйаҕа саҥа киирбит регионнар былаахтарын өҥүнэн сырдатыахтара. Р
Алтынньы 31 күнүгэр 21-22 чааска диэри телевидение башнята ДНР былаахтарын дьүһүнүнэн, сэтинньи 1 күнүгэр – ЛНР, сэтинньи 2 күнүгэр – Запорожскай уобалас, сэтинньи 3 күнүгэр – Херсонскай уобалас былаахтарын дьүһүннэринэн умайыаҕа. Сэтинньи 4 күнүгэр, норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр, Российскай Федерация триколорун өҥүнэн сандарыаҕа.
Дойду норуотун сомоҕолоһуутун күнүн быйыл РФ саҥа субъектарын кытта бэлиэтиэҕэ. Арассыыйаҕа билигин 89 регион баар, нэһилиэнньэ уопсай ахсаана 6,2 мөл. кэриҥэ киһинэн эбиллэн 152 мөл. тахса киһи буолла. Российскай Федерация иэнэ 100 тыһыынчаттан тахса квадратнай километрынан улаатта.
This post was published on 31.10.2022 13:03 13:03