Үөрэххэ, общественнай олоххо уонна спорка бастыҥ ситиһиилээх Дьокуускай үөрэнээччилэрэ 20 тыһыынча солкуобайдаах стипендия ылыахтара. Ол туһунан Орджоникидзе болуоссатыгар Саҥа дьыллааҕы харыйа уотун холбооһун кэмигэр куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрдэ, диэн уокурук дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Бүгүн биһиги оҕолорбутугар, Дьокуускай үөрэнээччилэригэр үтүө сонуну биллэриэхпин баҕарабын. Үөрэххэ, общественнай олоххо, спорка ураты ситиһиилэри көрдөрбүт муниципальнай оскуолалар бастыҥ үөрэнээччилэригэр 20 тыһыынча солкуобайдаах, стипендия олохтуур туһунан уураахха илии баттаатым», — диэтэ Евгений Григорьев.
Кини стипендияны саҥа дьыл иннинэ Ю. А. Гагарин аатынан саҥа култуура уонна аныгы искусство киинигэр туттарыахтара диэн чуолкайдаата. Наҕарааданы куорат үрдүнэн барыта 100 үөрэнээччи ылыаҕа.
This post was published on 02.12.2022 09:05 09:05