Дьокуускай куорат олохтооҕун сокуоннайа суох харчы иҥэриммитин иһин хаайдылар

Дьокуускай куорат олохтооҕо сокуоннайа суох бөдөҥ кээмэйдээх харчыны иҥэриммитин иһин 4 сылга көҥүлэ быһылынна, диэн СИА өрөспүүбүлүкэ прокуратуратыгар сигэнэн иһитиннэрэр.

Кини куорат биир улахан хампаанньатыгар менеджеринэн үлэлии сылдьан,  «Марс», «Дархан» уонна «Хакер» вездеходтары оҥорорго 17 сымыйа дуогабар түһэрсибит. Онуоха эбээһинэстэрин толорор былаана суох сылдьыбыт. Албыннаппыт дьоҥҥо уопсайа 6 мөл. солк. тахса хоромньуну оҥорбут.

Суут эр киһини 4 сылга уопсай режимнээх хаайыыга ыытта. Ону тэҥэ, хоромньу сууматын ирдээн ылар туһунан уураах таһаарбыт.

Суут бириигэбэрэ сокуоннай күүһүгэр киирэ илик ол иһин өрүттэр сөбүлэһимиэхтэрин син.

This post was published on 30.09.2022 12:03 12:03