Өрүү буоларыныы, муус устар 2 күнүттэн, Дьокуускай куорат уокуругун олохтоохторуттан оҕо сынньалаҥын уонна доруобуйатын чэбдигирдиигэ сайабылыанньаны уонна докумуоннары тутуу саҕаланна.
Сайабылыанньаны уонна докумуоннары хонуктаах (куорат таһынааҕы) доруобуйаны бөҕөргөтөр маннык муниципальнай лааҕырдарга ылаллар:
- «Спутник»
- «Бинго»
- «Каландаришвили»
- «Родничок»
- «Радуга»
Докумуону тутуу бириэмэтэ:
Бэнидиэнньик-бээтинсэ: 9 ч. 00 м. – 18 ч. 00 м.
Эбиэт: 14 ч. 00 м. – 15 ч. 00 м.
Докумуону тутар сир:
Дьокуускай куорат, Киров уул, 20
Оҕо айымньытын Дыбарыаһа (аактабай саалалаах өттүгэр 1 этээскэ).
Ирдэниллэр докумуон:
- Төрөппүттэн эбэтэр сокуоннай бэрэстэбиитэлтэн сайабылыанньа
- Оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэтин эбэтэр пааспарын куоппуйата
- Төрөппүт, сокуоннай бэрэстэбиитэл докумуона (төрөппүттэртэн биирдэстэрин пропискалаах сирэйин кытта пааспарын куоппуйата)
- “Дьокуускай куорат” уокуругар олорорун туоһулуур (баарын) докумуон
- Эппиэкэҕэ сылдьааччы персональнай дааннайдарын көрүүгэ субъект сөбүлэҥ-сайабылыанньата (заявление – согласие субъекта на обработку персональных данных подопечного)
- Сайыҥҥы кэмҥэ оһолтон, дэҥтэн страховка
- 079 формалаах медицинскэй каарта (прививка)
- Медицинскэй страховка полиһын коппуйата
- Сайаапка биэрээччи ИНН куоппуйата
- Төрөппүт (сокуоннай бэрэстэбиитэл) хамнаһын ыспыраапката
- Дьиэ кэргэн ыспыраапката
- Үлэлиир сиртэн ыспыраапка
- Муниципальнай үөрэх тэрилтэтин салайааччытын, Дьокуускай куорат уокуругун дьаһалтатын КДН и ЗП, Арассыыйатааҕы ИДьМ-ин “Якутское” муниципальнай управлениетын ПДН-ын хадаатайыстыбата. (Хадаатайыстыбаҕа оҕо толору аата, төрөөбүт күнэ-дьыла, төрөппүттэр (сокуоннай бэрэстэбиитэллэр) толору ааттара-суоллара, олорор аадырыстара ыйыллыбыт буолуохтаах)
- Дохуоттара суоҕун туоһулуур докумуон (Нэһилиэнньэ харысхаллаах буолуутун социальнай управлениетыттан ыспыраапка, үлэлээбэт дьон Үлэлээх буолуу кииниттэн ыспыраапка.)
Курсивынан бэлиэтэммит докумуоннар чэпчэтиинэн туһаныан баҕарар эбэтэр путевка төлөбүрүн төлөттөрөр дьоҥҥо аналлаах (6-11 пуун).
Сиһилии иһитиннэриини уонна сайабылыанньа былааҥкатын Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениетын саайтыттан көрүҥ.
This post was published on 30.03.2018 18:00 18:00