Ытыктабыллаах Саха сирин уонна Дьокуускай куорат олохтоохторо. Дьокуускай куорат Думатын уонна бэйэм ааппыттан Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Бу күнү биһиги үгэс быһыытынан олунньу 13 күнүгэр, саха бастакы учуона-лингвииһэ, саха норуотун үөрэхтээһинигэр сүҥкэн оруоллаах, маассабай суругу-бичиги айбыт, бастакы саха тылынан тахсыбыт кинигэ ааптара Семен Андреевич Новогородов төрөөбүт күнүгэр бэлиэтиибит. Семен Андреевич сахалыы тылынан бастакы букубаары 1917 сыллааххха 4 тыһыынча ахсаанынан таһаартарбыта. Онтон ыла оскуолаларга төрөөбүт тылы үөрэтии саҕаламмыта.
Учуонайдар саха тылын аан дойду былыргы тылларыттан биирдэстэринэн ааттыыллар. Саха тыла – хас да үйэлэри уҥуордаан кэлбит, ЮНЕСКО киһи аймах тылынан уонна материальнайа суох чулуу нэһилиэстибэтинэн биллэрбит эпоһа — Олоҥхо тылынан буолар. Бу биһиги өбүгэлэрбититтэн удьуордаабыт саамай күндү нэһилиэстибэбит. Ол иһин биһиги саха тылын айылҕатын, баай ис хоһоонун харыстыырга туох баар күүспүтүн ууруохтаахпыт. Төрөөбүт тылбытыгар хайдах сыһыаннаһарбытыттан саха норуотун кэскилэ тутулуктанар.
Хас биирдии киһиэхэ төрөөбүт тылын билэринэн киэн туттарыгар, норуотун култууратын, үгэһин харыстаан илдьэ сылдьарыгар, норуот дириҥ устуоруйатын, муудараһын түмэр төрөөбүт тылбыт баай бары өрүттэрин кэнчээри көлүөнэҕэ тиэрдэригэр баҕарабын.
Бырааһынньыгынан! Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн!
Дьокуускай куорат думатын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов