Дьокуускай куорат элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэригэр уонна социальнай эйгэ эбийиэктэригэр сылааһы биэрии үлэтэ бүтэһик түһүмэххэ сылдьар. Балаҕан ыйын 15 күнүнээҕи туругунан, 2207 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ (олохтоммут былаан 83%) итиини 2653-тэн, ону тэҥэ 312 социальнай суолталаах эбийиэктэргэ (82%) 376-тан үлэҕэ киллэрбиттэр.
Куорат мэрэ Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, чугастааҕы күннэргэ — бүгүн дуу, сарсын дуу — ититии хаалбыт эбийиэктэргэ бэриллиэҕэ.
Ититии суох буоллаҕына, олохтоохтор хааччыйар управляющай хампаанньа аварийнай-диспетчерскай сулууспатыгар эбэтэр ТСЖ-га тиийиэхтээхтэр.
Ону сэргэ биир кэлим дьуһуурунай-диспетчерскай сулууспатыгар 44-45-64 элбэх ханааллаах төлөпүөнүнэн сайаапка түһэриэххэ сөп.
This post was published on 15.09.2025 17:15 17:15