Казань куоракка буолбут быһылаанынан Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев бэйдиэ сылдьар ыттары тутууну күүһүрдэргэ эттэ. Ол туһунан «Эхо столицы» суруйда.
«Билигин сокуон хааччахтыыр. Миэрэни барытын туттар наада», — диэтэ Григорьев «ловушкалар» тустарынан этэригэр.
Территориялары сайыннарыыга департамент салайааччыта Владислав Слепцов эппитинэн, билигин Дьокуускайга 26 «ловушка» баар, сорохтор өрөмүөҥҥэ тураллар.
Сэтинньи 9 күнүгэр сарсыарда Казань таһыгар нэһилиэнньэлээх пууҥҥа ааһан иһэр дьон кыыл ытырыылаах олохтоох дьахтар өлүгүн булаллар. Холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Саха сиригэр алтынньы 7 күнүгэр бэйдиэ сылдьар ыттар 12 саастаах кыыска саба түспүттэрэ. Эчэйииттэн оҕо алтынньы 9 күнүгэр балыыһаҕа сырдык тыына быстыбыта.
This post was published on 11.11.2024 14:01 14:01