СӨ Судаарыстыбаннай эспэртиисэҕэ управлениета Дьокуускай куорат 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын саҥа дьиэтин тутууга сөбүлэһэр ис хоһоонноох түмүгү биэрдэ.
Тутуу “СӨ 2020-2024 сс. уонна 2026 сылга диэри былааннаах үөрэҕи сайыннарыы” СӨ судаарыстыбаннай бырагырааматын олоххо киллэрии иитинэн федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэрин суотугар үбүлэнэр.
Тутуу сакаасчытынан “СӨ судаарыстыбаннай сакаасчытын сулууспата”, толорооччунан, бырайыактыыр докумуону уонна инженернэй чинчийиини оҥорбут тэрилтэнэн “ДСК-Проект” ХЭУо буолаллар.
Оскуола икки мэндиэмэннээх эргэ тутуута алдьанан, ол оннугар урукку дьиэтин курдук көстүүлээх түөрт мэндиэмэннээх саҥа оскуола дьэндэйиэҕэ.
Симиэнэҕэ 253 оҕо үөрэнэрэ суоттанар. Кылааска — 23 киһи. Бырайыагынан, хаамарын-сиимэрин ыарырҕатар нэһилиэнньэ бөлөҕүн учуоттаан, үөрэнэргэ уонна оҕо эргиччи сайдарын хааччыйарга анаан дьиэ, тэрил барыта көрүллэр. Аттыгар успуордунан дьарыктанарга уонна оонньуурга усулуобуйа тэриллиэҕэ диэн СӨ Тутууга министиэристибэтин саайтыгар суруллар.
Людмила Попова, Саха сирэ
This post was published on 20.11.2023 11:45 11:45