Дьокуускай куоракка "Үөһээ Бүлүү улууһун күннэрэ" саҕаланнылар

Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх талааннаах дьон “Айар суол ситимэ” быыстапкалара “Россия – моя история” история пааркатыгар арылынна. Үөһээ Бүлүү оройуона төрүттэммитэ 85 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр Дьокуускай куоракка саҕаланнылар.


Бүгүн, кулун тутар 12 күнүгэр, Дьокуускайга «Россия — моя история» диэн история пааркатыгар үөһээ бүлүүлэр мустан «күннэрин» саҕалаатылар. Манна Хотун Бүлүү символын өрө тутар талааннаах дьон мустан бэйэлэрин оҥоһуктарын, хартыыналарын дьон көрүүтүгэр таһаардылар.

Мегежекскай Касьян Егорович, МиксАрт рекламнай хампаанньа толорооччу директора быыстапкаҕа кытта сылдьар. Кини үлэлэрин аан бастаан көрдөрүүгэ таһаарбытын кэпсээтэ.

Быыстапкаҕа гелевай уруучуканан уруһуйдаабыт хартыыналарбын аҕаллым. Бөрө, соболор, кустар, тайах. Ханна олордум да уруһуйдуур идэлээхпин. Бастаан кумааҕыга, онтон фанераҕа таһаарабын. Гелевай уруучука биир өҥүнэн сайыны да көрдөрүөххэ сөп.

Бэйэм Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүтүм. Музыкальнай оскуола художественнай салаатыгар 4 сыл үөрэммитим. Салгыы орто, үрдүк анал үөрэхтэри бүтэрбитим.  График-худуоһунньук идэлээхпин. 

Билиҥҥи кэмҥэ оҥорорго-тутарга, айарга талбыт матырыйаалыҥ баар, онон туох да хаарчах суох. 

Соболору араас варианынан оҥорбутум. Билигин холустаҕа маслонан түһэрэр былааннаахпын. Ис дууһабын ууран туран уруһуйдуубун. Бу соболору холобур биир нэдиэлэ оҥорбутум.

Дойдубут дьоно бу маннык быыстапканы тэрийбиттэрэ олус үчүгэй. Махтанабыт.

Быыстапкаҕа Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх 25 айар куттаах дьон кыттар. Эдэрдэр элбэхтэрэ үөрдэр. Бэйэ-бэйэлэрин кытта көрсөн санаа атастаһаллар, эҕэрдэлэһэллэр.

This post was published on 12.03.2020 12:51 12:51