Дьокуускай-Кировскай суолугар асфальт ууруута түмүктэннэ

Хаартыска: Үлэ күүһэ

Бүгүн Горнай улууһугар биир бэлиэ күн үүннэ. Ол курдук, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак чэрчитинэн Дьокуускай — Кировскай икки ардынааҥҥы суол өрөмүөннэнэн, толору асфальт бүрүөһүннэннэ. Үлэни «Мэҥэ массыына магистрала» тэрилтэтэ ыйыллыбыт кэмин иннинэ бүтэрдэ диэн Үлэ күүһэ телеграм-ханаал суруйар.

Хаартыска: Үлэ күүһэ

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ «Бүлүү» ФС управлениетын салайааччыта Николай Андреев, «Мэҥэ айан суола» ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Артуш Шагинян ыытыллыбыт үлэни билиһиннэрдилэр, улуус олохтоохторугар эҕэрдэлэрин тириэртилэр. Үлэни ыыппыт дьоҥҥо махталларын биллэрдилэр. Артуш Шагинян суол тутуутугар түргэн үлэни ыыппыттарын эрэ буолбакка, хаачыстыбатаҕа сүрүн болҕомтону уурбуттарын мэктиэлээтэ.

Тустаах тэрилтэ, салалта үөрүүлээх быһыыга-майгыга айан суола арыллыбытын бигэргэтэн, үгэс быһыытынан аалай лиэнтэни быһан, анал бэлиэни эргиттилэр.

Вячеслав Алексеев, Үлэ күүһэ

This post was published on 30.08.2024 16:19 16:19