Бүгүн Дьокуускайга Петр Алексеев аатынан уулусса дьиэтин тиэргэнигэр «Соболь» мааркалаах микроавтобус умайда. Саха сиринээҕи ЫБМ иһитиннэрбиттэринэн, баһаар биричиинэтинэн двигатель отсегар электрическэй сыапка утарыы эмискэ наһаа кыччааһына буолбут.
Баһаарынайдар үс мүнүүтэнэн быһылаан тахсыбыт сиригэр кэлбиттэр. Бу кэмҥэ мотуор отсегыттан аһаҕас уот умайа турбут.
«Баһаар түмүгэр, 1 кв. м. иэннээх отсек эмсэҕэлээтэ. Баһаар төрүөтэ — двигатель отсегар электрическэй сыапка утарыы эмискэ наһаа кыччааһына. Уоту умуруорууга Дьокуускайдааҕы баһаарынай- быыһыыр этэрээт тус састаабыттан 10 киһи уонна 2 анал тиэхиньикэ үлэҕэ тардылынна», — диэн Саха сиринээҕи ЫБМ чуолкайдыыр.
Баһаар түмүгэр эмсэҕэлээбит киһи суох, буруйдаах киһини уонна хорумньуну быһаарыахтара.
This post was published on 08.11.2023 15:09 15:09