Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар бырааһынньыктааҕы оһуохай толорулунна, Саха АССР 100 сылыгар уонна Дьокуускай күнүгэр ананна.
Дьокуускайга оһуохайдаары «Дархан этээччилэр» Ньурба уонна Сунтаар улуустарыттан кэллилэр, суруйар СИА.
«Оһуохай – норуот сомоҕолоһуута, бүгүҥҥү үҥкүү куорат күнүгэр ананна, 390 сыл сылын аайы буолбат. Киин куорат олохтоохторун эҕэрдэлиибин. Куораппытын салгыы сайыннарыаҕыҥ!» – оһуохайдьыт Руф Гаврильев эҕэрдэлээтэ.
Руф Гаврильев Ньурбаттан төрүттээх, оһуохайдаабыта 60 сыл буолбут. Куорат күнүгэр кини «Дархан этээччи» ааты «Оһуохай» өрөспүүбүлүкэтээҕи айар уопсастыбаттан тутта.
Куорат күнүгэр бырааһынньыктааҕы оһуохай ыытыллара үгэскэ кубулуйда. Регламент – 10 мүнүүтэ. Быйылгы дьаһал «Оһуохай» түмсүү 30 сылыгар эмиэ ананна.
Хаартыска: Саина Титова, СИА
This post was published on 11.09.2022 20:36 20:36