Дьокуускай «Интер» маҕаһыына ыстараап төлүүр буолла

СӨ Госалкогольконтроль управлениетын үлэһиттэрэ «Интер» маҕаһыын үлэтин-хамнаһын бэрэбиэркэлээтилэр.


Управление пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, бэрэбиэркэ төрүөтүнэн бу маҕаһыын арыгы бородууксуйатын биирдиилээн атыылааһын быраабылатын кэһэрин туһунан үҥсүү киирбитэ буолла. Онон, административнай силиэстийэ ыытылынна.

Силиэстийэ түмүгүнэн биллибитинэн, «Интер» маҕаһыын Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж курдук үөрэх тэрилтэтиттэн сатыы киһи сылдьар суолунан 133,2 миэтэрэ чугас турар. Оттон Дьокуускай к. уокуруктааҕы дьаһалтатын уурааҕын быһыытынан, арыгы атыылыыр маҕаһыын үөрэх тэрилтэлэриттэн кыччаабыта 160 миэтирэ ыраах буолуохтаах.

Онон, маҕаһыыннаах предприниматель административнай быраабыланы кэһиинэн сибээстээн, буруйдааҕа дакаастанна уонна ыстараап төлүүргэ уурулунна.

This post was published on 25.08.2016 11:04 11:04