Дьокуускай - Иһит хайысханан саҥа теплоход дьону таһыаҕа

Хаҥалас улууһугар КС-162 теплоход өрүһүнэн пассажирдары тиэйэр. Саҥа судноны үлэҕэ киллэрии Покровскай куоракка үөрүүлээхтик бэлиэтэннэ.


«Дьокуускай-Иһит хайысханан судно 44 пассажиры тиэрдиэҕэ. Россия Кострома куоратыгар саҥа судноны атыылаһарга өрөспүүбүлүкэ 22 мөл.солк., оттон Хаҥалас улууһа 5 мөл.солк. биэрбитэ», — диэн суруналыыстарга тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Семен Винокуров эттэ.

Кини этэринэн, өссө сэбиэскэй кэмҥэ оҥоһуллубут «Заря», «Ракета», «Метеор» суднолар Саха сирин өрүстэригэр билигин да усталлар. Онон, флоту саҥардыы соруга күүскэ турар.

Өрөспүүбүлүкэ бырагырааматын чэрчитинэн Үөһээ Дьааҥы, Усуйаана, Анаабыр уонна Аллайыаха хоту улуустарыгар дьону тиэйэр, 10 киһини батарар катердары ылбыттар. Атыылаһыы иккис түһүмэҕэр элбэх киһини батарар кыамталаах судноларын атыылаһыахтара.

Дьокуускайтан Иһиккэ диэри суднолар нэдиэлэҕэ иккитэ сылдьыахтара, борогуон сыаната 2000 солк., оҕоҕо – 1000 солк. Ону таһынан сорох категория гражданнарга чэпчэтиилэр көрүллэллэр.

This post was published on 19.08.2016 13:51 13:51