Дьокуускай куорат дьаһалтата бэйэтин саппааһыттан 204 тонна сүөһү эбии аһылыгын атыыласта уонна хаһаайыстыбаларыгар босхо түҥэттэ.
Быйыл сайын улахан ардахтар түһэннэр, Дьокуускай куорат хаһаайыстыбалара от үлэтигэр улахан кыһалҕалары көрсүбүттэрэ. Оттуур ходуһалар ууга былдьаммыттара. Элбэх хаһаайыстыба кыстыыр отун кыайан булуммата.
20 сыл аннараа өттүгэр тэриллибит «Алаас» бааһынай хаһаайыстыба 40 төбө сүөһүлээх, итинтэн 16-та ыанар ынах. Хаһаайыстыба сыл аайы 7 тонна үүтү туттарар. Куорат дьаһалтата оҥорбут көмөтүгэр тирэҕирэн үүккэ былаан быйыл тохтубат чинчилэннэ.
«Күүстээх ардахтарга тэптэрэн быйыл 45 тонна эрэ оту оттоотубут. Кыстыгы туоруурбутугар ити ситэритэ суох, онон 15-20 тоннаны эбии атыылаһарга күһэллэбит», — диэн хаһайыстыба баһылыга Валентин Соров этэр.
«Куорат дьаһалтата босхо эбии аһылыгы түҥэппититтэн олус үөрдүбүт. Биһиэхэ 2 куулга 80 кг эбии аһылык кэллэ. Атырдьах ыйыгар 4-5 кг тууһу биэрбиттэрэ. Маннык өйөбүл салгыы өрө тахсыылаахтык үлэлииргэ эрэли үөскэтэр. Мантан тирэҕирэн киин куорат тыатын хаһаайыстыбата сайдарыгар дьаныардаахтык үлэлиэхпит-хамсыахпыт», — диир кини.
«Кэтэх хаһаайыстыбабытыгар 10 төбө сүөһүлээхпит, онтон 3 ыанар. Быйыл от үүнүүтэ быстар мөлтөх этэ. Онон кыстыыр оппутун булумматахпыт. Куорат дьаһалтатын көмөтө улахан тирэх буолла. Бу иннинэ кэргэмминээн ньирэйдэргэ анаан эбии аһылыгы бэйэбит үппүтүгэр-харчыбытыгар атыыласпыппыт. Инникитин да маннык көмө баар буолуоҕар бүк эрэнэбит» — диир Тулагы-Киллэмтэн Анита Павлова.