Дьокуускай эҥэр үс ойуур баһаарын умуруораллар

Дьокуускай эҥэр үс ойуур баһаарын умуруораллар. Баһаардар кураанах этиҥтэн барбыт буолуохтарын сөбүн туһунан экология харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспатыгар сигэнэн, СИА иһитиннэрэр. 


Баһаардар Дьокуускай Харыйалааҕар 8 га иэннээх сиргэ турдулар. Барыллаан быһаарыы түмүгүнэн, уоттар кураанах этиҥтэн барбыт буолуохтарын сөп. Билигин уоту бохсууга “Авиалесоохрана” тэрилтэ 30 десантниктара уонна парашютистара үлэлииллэр.

Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 468,20 га иэннээх сиргэ 37 ойуур баһаарын умуруоруу барар. Ыраах 233 368 га сиргэ 94 уот баара биллэр.

This post was published on 15.07.2020 13:01 13:01