Дьокуускай дьаһалтатын "Слава матери" бэлиэтин Хатас бастыҥ ийэтигэр туттардылар

Бу күннэргэ Хатас олохтооҕо Елена Гаврильевна Дьокуускай куорат дьаһалтатын биир саамай үрдүк наҕараадатын тутта. Кини «Слава матери» диэн түөскэ кэтэр бэлиэни иилиннэ. Дьиэ кэргэҥҥэ таптал, үйэлээх олоҕу түстээһин уонна уопсастыбаҕа үтүө сыһыан бу биир ийэҕэ түмүллэрэ — дьол түһэ. Ийэ сылыгар биир дойдулаахпыт үрдүк бэлиэни ылбытынан хатастар киэн туттабыт.

Хас биирдии киһи ытык иэһэ – бэйэтин кэнниттэн утум ситимин салҕаан аҕа ууһун ааттатара, ийэ ууһун тэнитэрэ. Биһиги 50-60 саастаах дьон үгүспүт элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэҥҥэ улааппыппыт, олус дьоллоох көлүөнэбит. Оҕо сааспытыгар туох барытьа дьэҥкэ, чуолкай, сарсыҥҥыны эрэ буолбакка бүтүн олоҕу былаанныыр-барыллыыр буолуохха диэри тулхадыйбат тулааһыннаах судаарыстыбаҕа олорбуппут. Оччотооҕу оҕолору дьоммут наһаа күндүтүк-сылаастык, ураты ыраас тапталынан иитэллэрэ. Билигин олох олорон саас ортону ааһан баран санаатахха, ол дьоммут барахсаттар сэрии кэннинээҕи урусхалы чөлүгэр түһэрэн, атахха туран оҕолонон урууланан, дьиэлэнэн-уоттанан эйэлээх халлаан анныгар олорбуттарыттан эбит. Саамай баҕарар баҕа санаалара – эйэлээх олох, сэрии буолбатын диэн этэ.

Билиҥҥи дьиэ-кэргэн силис-мутук тардан, көлүөнэ ситимин салҕыылларыгар, уларыта тутуу диэн ааттанан, биһиги олорбут кэммит курдук буолбатах. Билигин күн тура-тура саҥаттан саҥа уларыйыыга үөрэнэн, ол долгунугар киирэн, дьаһаныахча буолан истэххэ, өссө атын уларыйыы тиийэн кэлэр. Этэргэ дылы кытаанах ньиэрбэлээх, хамсаабат санаалаах, бэйэҕэ эрэллээх буолуохха наада. Билиҥҥи кэм уратыта итинник.

Елена Гаврильевна, Михаил Поротовтар Хатаска олохсуйардыы сир ылан, 2005 сылтан олороллор. Сирдэрин ылбыт сылларыгар сонно тута улахан дьиэ кэргэҥҥэ сөп гына улахан дьиэ тутталлар. Миша оҕо сааһа үгүс өттө Хатаска барбыта. Эдьиийигэр Надеждаҕа сыстан, онон сибээстээн халыҥ хамаандалаах Клавдия Иван Пермяковтар дьиэ кэргэттэрин чилиэнэ буолан, үлэҕэ буспута-хаппыта, техникаҕа сыстыбыта. Лена оҕо сааһа Уус Алдан улууһун уһук нэһилиэгэр Түүлээххэ ааспыта. Ийэлээх аҕата Анна, Гаврил Константиновтар икки өттүттэн истиҥ иһирэх иэйиигэ уйдаран дьиэ-кэргэн буолбуттара, дьиэ-уот туттубуттара, тапталларын туоһутун Ленаны күн сирин көрдөрбүттэрэ. Анна Гаврильевнаҕа ийэ буолар иһирэх түгэнэ бэйэтэ туһугар хорсун быһыы, кытаанах санаа, тулуур, дьулуур түмүгэ буолар, тоҕо диэтэргин, доруобуйатын туругунан оҕолоноро булгуччу бобуллар этэ. Онон Лена чахчыта таптал бэлэҕэ, олох салҕанар ситимэ буоларын ааһан, олоххо дьулуур туоһута буолар.

Гавриллаах Анна муҥура суох дьоллоох олохторун дьылҕа-хаан кытаанах ыйааҕа, суруллубатах сокуона биир күлүм түгэҥҥэ күдэҥҥэ көтүппүтэ… Саныырга да, кэпсииргэ да ыарахан да буоллар, олох чахчыта хаһан эрэ кэпсэниллэр. Гаврил, оһолго түбэһэн, күн сириттэн 40 сааһыгар күн сириттэн күрэммитэ. Дьэ итинтэн ыла Лена, Ленка оҕо сааһа атын хардыыга, атын тыыҥҥа киирбитэ. Нэһилиэк дьоно барахсаттар, ордук чугас ыаллара төһө кыалларынан өй-санаа, көмө өттүнэн тирэх буолбуттарыгар, Лена күн бүгүҥҥүгэ диэри махтала улахан. Ийэтэ үчүгэйдик көрбөт буолан, дьиэни-уоту көрөргө истэргэ, иистэнэргэ, киэргэтэргэ, ас астыырга уо.д.а. олох күннээҕи түбүгэ кырачаан Лена көхсүгэр сүктэриллибитэ. Кыыс-кыыс курдук дьиэтин иһин тупсаҕай, кырасыабай оҥоруон баҕаран ыал дьахталларыттан үөрэнэн быысапкалыы үөрэммитэ, ол быысапкаларынан саалатын, аһыыр сирин, хосторун киэргэтэн, дуоһуйарын уйадыйан туран кэпсээтэҕинэ, киһи эрэ сүрэҕэ хамсыах курдук. Ас астааһына эмиэ оннук, аны ол-бу оскуолаҕа арааһынай көстүүмнэр, таҥастар эмиэ оннук.

Анна Гаврильевна эмкэ-томко да чугас буолаары, оҕотун да үөрэттэрээри, аймах-билэ дьонуттан да чугас буолаары уйа туттубут, силис тардыбыт сириттэн Түүлээхтэн куоракка көһөн кэлэллэр. Ити курдук үрдүк үөрэххэ киирэн, үөрэҕин бүтэрэн, кэргэн тахсарыгар Лена чуолкай, дьэҥкэ сыаллаах этэ – туспа дьиэлээх-уоттаах, элбэх оҕолоох, ньир-бааччы олохтоох дьиэ-кэргэн буолуу, оҕолорго кыахтарынан, талааннарынан көрөн ситиһиилээх, сайдыылаах олоҕу түстээһин. Баҕа санаа баар, аны ону олоххо киллэрэргэ остуоруйа курдук хамсаатыҥ да баай-дуол, оҥордуҥ да киэҥ далай буолбат диэн баар олоххо.

Үлэ наада, үлэлииргэ оҕо дьыссаакка, оскуолаҕа сылдьыан наада, аны хамнас орто баайыыны үрдүнэн эрэ буоллаҕына тутуу, хамсааһын тахсар. Аны дьиэлэрэ нэһилиэк сыантырыттан балай эмэ тэйиччи уо.д.а. Чэ итинник табыллыбатын аахтахха барыта сатаммат курдуга.

Ол эрээри Поротовтар иккиэн уонна эбээлэрин төбөтө холбоһоннор, иннин диэки айаннаан истилэр.

Олбуордарын иһэ тутууларынан туолан истэ, оҕолор эбиллэннэр 5 буоллулар. Ханна үүт-хайаҕас көһүннэ да саҥаттан саҥаны, сонунтан сонуну оҥороннор киирсэн истилэр. Дьокуускай куорат элбэх кыра дохуоттаах дьоҥҥо көмөлөрүн ыларга докумуон толорон, ааҕан-суоттаан арассаада олордор ититиилээх улахан теплицаны тутан оччоттон баччаны оҥоруом диэн ааҕымматтарын сөп диэннэр көмө харчы биэрбиттэрин туһанан кэккэ сылларга онон туһаннылар. Бу түгэҥҥэ Поротовтар Хатас олохтоох дьаһалтатыгар уонна эдьиий курдук күндүтүк саныыр Алексеева Анастасия Ивановнаҕа махталлара улахан. Кырдьык ол көмө Поротовтар салгыы сайдар-үүнэр суолларыгар көмө-тирэх буолбута. Лена арассаадаттан сыыйа иискэ көспүтэ. Иистэнэргэ туспа хос, киэҥ-куоҥ остуол, анал уот уо.д.а наада буолар. Дьиэ кэргэн сүбэлэһэн баран дьиэлэрин иккис этээстииллэр. Ол этээс барыта толору иистэнэр сыах буолар. Иискэ ыксал буоллаҕына Анитаттан ураты аҕалара Михаил да тигэн, оҥорон көмөлөһөр түгэннэрэ биирдэ эрэ буолбатах. Оҕолор Ганялаах Анита улаатан, олох киэҥ аартыгар үктэнэн үлэһит буоланнар дьиэ кэргэҥҥэ көмө дьоно. Дьокуускайга үлэлиир буоланнар дьиэ-кэргэн улахан сүбэ мунньаҕынан ипотекаҕа дьиэ атыылаһаннар онно олороллор. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн иккиэн көмөлөөн ипотекаларын харчытын бэйэлэрэ төлүүллэр.

Анита кыра эрдэҕиттэн ас астааһыҥҥа, иистэнэргэ дьоҕурдааҕын уонна ас астыырга баҕалааҕын көрөн, тохсус кылааһынан Жатайга баран үөэммитэ, үөрэнэрин тухары бастыҥ устудьуоннар ахсааннарыгар сылдьыбыта. Бастакы куурустан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах улахан күрэхтэргэ (WorldSkills) үөрэнэр кыһатын аатын чиэстээхтик уонна үрдүк таһымнаахтык көмүскүүрэ. Анита тэллэйтэн астаабыт биир бүлүүдэтэ “Хатастар сандалы тула” диэн кинигэҕэ киирбитэ. Орто уолаттар Сайдам, Сандаар Алдан куоракка анал спортивнай оскуолаҕа үөрэнэллэр, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар кэккэ ситиһиилэрдээхтэр. Кинилэр хайыһардьыттар. Манна эмиэ ийэ оруола кырата суох. Оҕолорум туһа диэн күнү — түүнү аахсыбакка иистэнэн, үлэлээн көстүүмнэрин тигитэлиир, спортивнай туттар тэриллэрин (инвентарь) атыылаһар. Саамай кыра Самир оҕо уһуйаанын киһитэ.

Леналаах Михаил дьиэҕэ-уокка тутуу, оҥоруу чааһыгар бэйэлэрэ эрэ түһүнэн кэбиһэр эбит буоллахтарына, билигин илии-атах буолар киһи элбэх, уолаттар даҕаны, Анита даҕаны үрүҥ-хара диэн араарбакка харса суох түсүһэн сатыыллара, оҥороллоро элбэх. Ол курдук олбуордарын иһин тупсаран, тэлгэһэни киһи билбэт гына уларыппыттара – билиитэ тэлгээтилэр, өр сыллаах оту ыстылар, баскетбольнай сетка туруордулар, теплицаларыгар сааскы араас үлэни барытын оҥордулар.

Манна даҕатан эттэххэ, билиитэ тэлгээһинигэр аналлаах туттар тэриллэри Михаил бэйэтэ сваркалаан оҥордо. Ону кытта тэҥҥэ 4 киһи сарсыардаттан киэһэҥҥигэ диэри солбуйса сылдьан куйаар ситиминэн үөрэнэллэр. Чахчыта да олохторун бэйэлэрин илиилэринэн, өйдөрүнэн-санааларынан оҥостубут дьиэ кэргэҥҥэ Поротовтарга инникилэригэр эрэли баҕарыаҕыҥ уонна дьиэ кэргэн кыра судаарыстыба эбит буоллаҕына судаарыстыба салайааччыта Елена Гаврильевнаҕа дьиэ-кэргэн туруктаах буоларын иһин үлэтигэр махтаныаҕыҥ.

Бу күннэргэ кини Дьокуускай куорат дьаһалтатын биир саамай үрдүк наҕараадатын тутта – «Слава матери» диэн түөскэ кэтэр бэлиэ хаһаайката буолла.

Ааптар: Наталья Руфова, Хатас.

This post was published on 27.12.2022 11:01 11:01