Дьокуускай баһылыгын бирииһигэр ат сүүрдүүтэ буолла

Фото: Мария Васильева, ЯСИА

Туймаада ыһыаҕар Үс Хатыҥҥа Дьокуускай куорат баһылыгын бирииһигэр ат сүүрдүүтэ буолла. Барыта 40 ат өрөспүүбүлүкэ 10 оройуонуттан кытынна.

Саамай түргэн аттар биэс дистанцияҕа илин-кэлин түһүстүлэр. Бириис уопсай пуондата 2 мөл 100 тыһ солк. Дистанциялар: 1600, 1800, 2400, 3200, 4800 м.

Кыайыылаахтар:

2400 м («Үс Хатыҥ» бирииһэ, үс уонна онтон үөһэ саастаахтарга)

1 м — Голд Фарт (Форевер Олигарх — Дидактика), Таатта;

2 м — Чёрный Барон (Ашхар — Блэк Фора), Амма;

3 м — (Блэк Грек), Таатта.

1800 м (В. Ф. Кабохин аатынан бириис, Саха сиригэр төрөөбүт үс саастаах аттар)

1 м — Кылаана Куо (Кейн Шугар — Нарыйаана Куо), Мэҥэ Хаҥалас;

2 м — Шугар Кид (Кейн Шугар — Ривьера), Мэҥэ Хаҥалас;

3 м — Верба (Верабор — Бабария), Амма.

4800 м (саха боруодалара)

1 м — Буойун, Амма;

2 м — Эрэл, Таатта;

3 м — Дьаҕылтай, Нам.

3200 м (саха боруода аҥардаах аттар)

1 м — Хабиб, ЧВ Бояров А.А.;

2 м — Бэлиэ, Хаҥалас;

3 м — Буцефал, Мэҥэ Хаҥалас.

1600 м (саха боруода аҥардаах аттар)

1 м — Таймыын, Мэҥэ Хаҥалас;

2 м — Рыжик, ЧВ Никифоров Д.Д.

3 м — Уйгуура, Мэҥэ Хаҥалас.

This post was published on 26.06.2023 10:28 10:28