Балаҕан ыйын 8 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ киин куоратын баһылыга Евгений Григорьев быыбарга кыттыыны ылла, диэн НВК Саха телеграм-ханаала суруйар.
Евгений 19 №-дээх оскуолаҕа 689 №-дээх быыбардыыр учаастакка бэйэтин куолаһын биэрдэ. Быыбар тэрээһинэ олус үрдүк таһымнаахтык ыытылла турарын уонна үс күннээх куоластааһын быыбардааччыларга табыгастааҕын бэлиэтээтэ.
«Сөптөөх быһаарыыны ылынным, ытык иэспин толордум. Ытыктабыллаах бар дьонум, кэскилбит туһугар, ытык иэскитин толорон, быыбарга куоластыыргытыгар ыҥырабын», — диэн Григорьев эттэ.