Дьокуускай борокуратуурата Аммосов аатынан уулуссаҕа турар «Контакт-Бар» аралдьытар тэрилтэҕэ элбэх кэһиини булла. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, РФ КоАП 20.4 уонна 6.6 ыстатыйаларынан административнай дьыалалар тэрилиннилэр уонна салайааччыга докумуон бэрилиннэ.
Саха сирин борокуратуурата иһитиннэрбитинэн, тэрилтэҕэ болдьоҕо тахсыбыт бородуукта булуллубут, санитарнай турук мөлтөҕө биллибит, баһаарынай куттал суох буолуутун ирдэбиллэрэ туолбатахтар, ол иһигэр эвакуацияҕа иккис аан суох.
Маны сэргэ, итирдэр утаҕы эргитиигэ судаарыстыбаннай учуот ирдэбилэ кэһиллибит. Бородууксуйа былдьанна.
Санаттахха, алтынньы 6 күнүгэр «Контакт-Барга» маассабай охсуһуу буолбута.