Саха сирин сиригэр-уотугар гидрологическай быһыы-майгы сылыктааһынынан баран иһэр, уу критическэй үрдээһинэ бэлиэтэммэт. Саха сиригэр Арассыыйа ЫБММ регионнааҕы салалтатын 4 оперативнай бөлөҕө, 44 киһи уонна 14 тиэхиникэ үлэлии сылдьар, диэн СИА-ҕа ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ньүүйэ өрүскэ муус алын кырыыта Курумтан 50 км аллараа кэлбитэ бэлиэтэнэр, уу таһыма 489 см, үрдүкү кырыыта Орто-Наахараҕа кэлбит, уу таһыма 420 см. Уста сытар муус уһуна 162 км. сууккаҕа 30 км сыҕарыйда.
Өлүөхүмэ өрүскэ уу таһыма сууккаҕа кыратык хамсыырын бэлиэтииллэр, Дьикимдэ – Куду-Күөл учаастагар уу таһыма 10 см. ордук үрдээбэтэх. Токоҕо уу таһыма кыралаан хамсыыр, арахсара, халбаҥнааһына сууккаҕа 20-40 см тэҥнэһэр. Чугастааҕы сууккаларга, Токоҕо муус барара күүтүллэр, оттон ыам ыйын 14-16 күннэригэр Дьикимдэ – Куду-Күөл учаастагар өрүс арыллыыта былааннанар.
Алдан уонна кини салааларын былаһын тухары уу таһыма 5- тэн 35 см тэтимнээхтик үрдээн иһэр, онон сорох сирдэринэн муус суураллыыта уонна муус хараарыыта бэлиэтэнэр. Өрүстэр эстиилэрэ ыам ыйын 14-16 күннэригэр, Суон-Тиит — Томмот диэки, ыам ыйын 15-17 күннэригэр Мил-Петропавловскай – Элдьикээн күүтүллэр.
This post was published on 13.05.2022 13:01 13:01