Хаҥалас аннынан муус харыыта үөскээтэ

Өлүөнэ өрүс мууһа Дьокуускай аннынан эйэ-дэмнээхтик устан иһэн, уу аҕыйах буолан, аны Хаҥалас  (Кангалассы)  аттыгар харан турар. 


Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ сүнньүнээҕи ууга управлениета иһитиннэрбитинэн, ыам ыйын 18 күнүн сарсыарда 8 чаастааҕы бэлиэтээһининэн, Ымыйахтаах, Партизан, Никольскай аттынан муус барбакка турар. Хаҥалас (Кангалассы) аннынан уу таһыма суукка иһигэр  69 см үрдээн, билигин 847 см тэҥнэстэ.

edersaas.ru

This post was published on 18.05.2017 10:30 10:30